«Кыайыы, Албан Аат, Кэриэстэбил»
- 08/12/2025
- нет
Муус устар 10 күнүгэр Улуу Кыайыыга аналлаах улуустааҕы «Кыайыы, Албан Аат, Кэриэстэбил» көрүү фестиваль буолла. Программаҕа: Биир дойдулаахтарбыт сувенир оҥоһуктарын быыстапката, Биир дойдулаахпыт Степан Ефремов «Лэкиэс» драмата. Драмаҕа кыттыыны ыллылар М.С.Атласов аатынан «Сарыал» КК «Сатабыл» театральнай түмсүү активистара: Василий Михайлов, Татьяна Сивцева, Татьяна Протодьяконова, Лена Данилова, Михаил Архипов, Иван Федотов, Саргы Васильева, Александр Собакин, Любовь Борисова, Майя Кириллина, Василий Титов, Василий Матвеев, Марфа Тарасова.
Драманы туруорда: Мария Михайлова
Ону тэҥэ сэлиэнньэ уус уран самодеятельноһын күүһүнэн концерт.

